5 сүүһүгэр «Улуу Вавилон – сир бары содурун, бары сидьиҥин ийэтэ» диэн кистэлэҥ суолталаах аат суруллан сылдьара.
Кинилэр бүтэр уһуктара – өлүү, сүгүрүйэр таҥаралара – куртах, албан ааттара – саат-суут эрэ: өйдөрө-санаалара сиртэн өппөт.
Хара дьай хайыы-үйэ кистэлэҥинэн дьайа турар; ол эрээри маҥнай кинини харгыстаһааччы эйгэттэн ылыллыахтаах.
Мин уҥа илиибэр көрбүт бу сэттэ сулуһуҥ итиэннэ сэттэ кыһыл көмүс сибэтиилинньик кистэлэҥ суолталара маннык: сэттэ сулус сэттэ сиэркэп Аанньаллара буолаллар, оттон бу көрбүт сэттэ сибэтиилинньигиҥ сэттэ сиэркэп буолар».
өлүктэрин Айыы Тойоммут кириэскэ тиириллибит улуу куоратын уулуссатыгар хаалларыаҕа. Бу куорат аата – ханалытан этэр буоллахха, Содом уонна Египет.
Атын Аанньал кинини батыһан иһэн: «Содур олоҕун уохтаах арыгытынан бары омукка айах туппут улуу куорат Вавилон суулунна, суулунна!» – диэн саҥара иһэрэ.
Улуу куорат үс аҥыы хайа ыстаммыта, омук-омук куората барыта урусхалламмыта. Таҥара улуу Вавилону умнууга хаалларбатаҕа: уорун-кылынын уохтаах арыгытын киниэхэ иһэрдэ биэрбитэ.
Онтон сэттэ кытахтаах сэттэ Аанньалтан биирдэстэрэ кэлэн миэхэ эппитэ: «Кэл, эйиэхэ элбэх ууга олорор улуу содур дьахтар дьүүллэнэрин көрдөрүөм.
Сир ыраахтааҕылара кинилиин көссүүлэһэллэрэ, сир олохтоохторо кини содур олоҕун арыгытын итириэхтэригэр диэри иһэллэрэ».
«Тоҕо дьиктиргиигин? – диэбитэ Аанньал. – Мин эйиэхэ ити дьахтар уонна кини миинэ сылдьар сэттэ төбөлөөх, уон муостаах кыылын кистэлэҥин этиэм.
Аанньал күүстээх куолаһа дуораһыйбыта: «Улуу содур Вавилон суулунна, суулунна! Кини аны билигин абааһы ордуута, бары быртах тыын барыта түһэр, бары кирдээх, куһаҕан көтөр барыта түһэр сирэ буолла;
Онтон биир күүстээх Аанньал сүүнэ улахан суоруна моһуоннаах тааһы ылан муораҕа элитэн баран эппитэ: «Улуу куорат Вавилон субу курдук бүтэһиктээхтик – күөрэйбэттии суулларыллыаҕа!
Дьүүллүүр дьүүлэ дьиҥ сөптөөх, кырдьыктаах: содурунан сир үрдүн сатарыппыт улуу содур дьахтары дьүүллээтэ, кулуттарын хаанын иэстэстэ!»
«Таҥарабыт кулуттарын сүүстэригэр бэчээт ууруохпутугар диэри, сиргэ да, муораҕа да, маска да буортуну оҥорумаҥ», – диэн саҥаран дуораһыппыта.