Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Арыллыы 16:1 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Онтон Таҥара Дьиэтин иһиттэн ким эрэ күүстээх саҥата сэттэ Аанньалга туһаайан: «Барыҥ, Таҥара уора-кылына толору кутуллубут сэттэ кытаҕын сиргэ сүөкээҥ!» – диирин истибитим.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Арыллыы 16:1
17 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Халлааҥҥа аны атын улуу дьикти бэлиэни – сэттэ тиһэх иэдээн төрдүн илдьэ сылдьар сэттэ Аанньалы – көрбүтүм. Ити сэттэ тиһэх иэдээн кэлэн аастаҕына, Таҥара уора-кылына уҕарыахтааҕа.


Сэттис Аанньал кытаҕын салгыҥҥа сүөкээбитигэр Таҥара Дьиэтин иһиттэн, бүрүстүөлтэн: «Бүттэ!» – диир күүстээх саҥа иһиллибитэ.


Көмүскэ уутун килиэбин Эн кинилэргэ сиэттиҥ, харах дэлэй уутун утах кэриэтэ иһэртиҥ.


Онтон уоту дьаһайар былаастаах атын Аанньал сиэртибэнньиктэн тахсан, сытыы сиэрпэлээххэ туһаайан: «Виноград отоно буспут, сытыы сиэрпэҕинэн сиргэ баар виноград сүүмэхтэрин быһан ыл», – диэн үөгүлээбитэ.


Онтон атын Аанньал Таҥара Дьиэтиттэн тахсан кэлэн, былыкка Олорооччуга туһаайан: «Сиэрпэҕин ылаҥҥын быспытынан бар, хомуур кэмэ кэллэ, сир үүнүүтэ ситтэ», – диэн саҥаран дуораһыппыта.


Халлааҥҥа Таҥара Дьиэтин аана тэлэччи аһыллыбыта, ол иһигэр Таҥара кэс тылын хоппото көстүбүтэ; чаҕылҕан чаҕылыйбыта, этиҥ этэн ньириһиппитэ, саҥа-иҥэ, тыас-уус иһиллибитэ, сир хамсаабыта, улуу тобурах тоҕо түспүтэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ