Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Арыллыы 12:6 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

6 Оттон бэйэтэ кураайы куйаарга – тыһыынча икки сүүс алта уон күн устата көрүүгэ-харайыыга сырыттын диэн Таҥара киниэхэ анаан бэлэмнэттэрбит сиригэр – куоппута.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Арыллыы 12:6
10 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Маны истэн адьарай Киниттэн дьэ арахпыта; сонно Киниэхэ Аанньаллар көмөлөһө кэлбиттэрэ.


Дьахтар эриэн кыылтан куотан кураайы куйаарга, тиийиэхтээх сиригэр көтөн тиийэрин туһугар, киниэхэ хотой икки модун кыната бэриллибитэ. Онно тиийдэҕинэ, кинини үс аҥаар сыл устата көрөн-харайан олордуохтаахтара.


Моҕой халлаан сулуһун үс гыммыт биирин кутуругунан тоҕо сөрөөн ылан, сир диэки илгэн кэбиспитэ. Онтон кэмэ кэлбит дьахтар иннигэр, оҕолонноҕуна оҕотун мэҥиэстэн кэбиһээри, кэтэһэн турбута.


Кыыл Таҥараны холуннаран улуутумсуйан саҥарара көҥүллэммитэ, киниэхэ түөрт уон икки ый устата дьайар былаас бэриллибитэ.


Тыын миэхэ сайбытыгар Аанньал миигин кураайы куйаарга илдьэ барбыта. Онно тиийэн көрбүтүм – биир дьахтар сэттэ бастаах, уон муостаах, бүүс бүтүннүүтэ Таҥараны холуннарар аатынан-суолунан бүрүллүбүт уот кыһыл кыылы миинэн олороро.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ