16 Таҥара иннигэр турар бүрүстүөллэргэ олорор сүүрбэ түөрт ытык кырдьаҕас сөһүргэстии түһэн Таҥараҕа сүгүрүйбүттэрэ.
Көрдөхпүнэ, тулатыгар өссө сүүрбэ түөрт бүрүстүөл турара, ол бүрүстүөллэргэ сүүрбэ түөрт ытык кырдьаҕас олороро. Кинилэр үрүҥ таҥастаахтара, төбөлөрүгэр кыһыл көмүс мэнньиэстээхтэрэ.
сүүрбэ түөрт ытык кырдьаҕас бүрүстүөлгэ Олорооччу иннигэр сөһүргэстии түһэн үйэлэр тухары Тыыннаахха сүгүрүйэллэрэ уонна мэнньиэстэрин устан бүрүстүөл иннигэр уура-уура этэллэрэ:
Аанньаллар бары бүрүстүөлү, ытык кырдьаҕастары уонна түөрт харамайы тулалаан тураллара, бүрүстүөл иннигэр сөһүргэстээн туран, Таҥараҕа бокулуон уураллара.
Онуоха сүүрбэ ордугуна түөрт ытык кырдьаҕас уонна түөрт харамай сөһүргэстии түһэн: «Аминь! Аллилуйя!» – дии-дии, бүрүстүөлүгэр олорор Таҥараҕа сүгүрүйбүттэрэ.
Түөрт харамай эмиэ «Аминь!» дэспитэ, сүүрбэ ордугуна түөрт ытык кырдьаҕас сөһүргэстии түһэн үйэлэр тухары Тыыннаахха сүгүрүйбүтэ.
«Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – Саҥа Үйэҕэ, Киһи Уола килбиэннээх бүрүстүөлүгэр олордоҕуна, эһиги, Миигин батыспыт дьон эмиэ, уон икки бүрүстүөлгэ олороҥҥут, Израиль уон икки көлүөнэтин дьүүллүөххүт.