4 Сэттэ этиҥ эппитигэр мин сурунардыы оҥостон иһэн, халлаантан: «Сэттэ этиҥ тугу эппитин суруйума, кистэлэҥҥэ тут», – диир саҥаны истибитим.
Итиэннэ эппитэ: «Бу кинигэ билиҥҥини да, кэнэҕэһи да төлкөлүүр тылын хам бэчээттээн кэбиһимэ. Болдьохтоох кэм чугаһаата.
Тугу көрөргүн барытын кинигэҕэ суруйан Асиятааҕы сэттэ сиэркэпкэ: Эфескэ, Смирнаҕа, Пергамҥа, Фиатираҕа, Сардиска, Филадельфияҕа уонна Лаодикияҕа – ыыт», – диэбитэ ол саҥа.
Онон тугу көрбүккүн, уонна билигин баары да, бу кэнниттэн туох буолуохтааҕын да барытын суруй.
Халлаантан истибит саҥам эмиэ миэхэ туһулаан: «Муораҕа уонна сиргэ үктэнэн турар Аанньалга баран, арыллыбыт кинигэни илиититтэн ыл», – диэбитэ.