Арыллыы 1:1 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ1 Сотору кэминэн туох буолуохтааҕын кулуттарыгар биллэрээри Таҥара биэрбитин Иисус Христос арыйан көрдөрбүтүн туһунан кинигэ. Кини ону барытын Аанньалынан ыытан, кулутугар Иоаҥҥа биллэрбитэ. အခန်းကိုကြည့်ပါ။ |
Биир итэҕэллээхпитинэн дьиҥ уолум буолар Титкэ – Таҥара кулута, Иисус Христос Апостола Павелтан. Эйиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Быыһааччыбытыттан – Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта аһыныгас санаа, эйэ-ил тосхойо туруохтун! Таҥара талбыт дьонун итэҕэл, кырдьыгы билии, бэриниилээх буолуу суолугар сирдиирим, сүрэхтэригэр бараммат олоххо эрэли уһугуннарарым туһугар, Кини миигин бу сулууспаны толорторо ыыппыта. Сымыйаны эппэт Таҥара бараммат олоҕу өссө хайа да үйэ үөскүөн инниттэн эрэннэрэн баран, туһааннаах кэмэ кэлбитигэр, Бэйэтин тылын Быыһааччы Таҥарабыт соруйуутунан миэхэ эрэниллибит итэҕэл тылынан арыйан биэрбитэ.