Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Апостоллар 7:2 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

2 «Бырааттарым, аҕа дьонум, этэрбин болҕойон истиҥ! – Стефан этиитин саҕалаабыта. – Биһиги өбүгэбит Авраам өссө Месопотамияҕа эрдэҕинэ, Харраҥҥа көһүөн иннинэ, албан ааттаах Таҥара киниэхэ көстөн:

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Апостоллар 7:2
29 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Кини кэс тылын, Кини туоһутун тутуһааччыга Айыы Тойон суола барыта – бигэ таптал уонна кырдьык.


Ахтыма эдэр сааһым аньыытын, сокуона суох дьайыытын; үтүө санааҕыттан миигин амарахтык аҕын, Айыы Тойон!


Айыы Тойон Таҥарам, Эйигиттэн көмө көрдөөбүппэр, Эн миигин үтүөртүҥ;


уонна, аньыы угаайытыгар киллэрбэккэ, биһигини хара дьайдаахтан быыһаа. Эн Саарыстыбаҥ, Эн күүһүҥ-күдэҕиҥ уонна албан аатыҥ үйэттэн үйэлэр тухары муҥура суох эбээт. Аминь“.


«Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!»


Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.


Иисус кэрэмэн килбиэнин көрбүт буолан, Исайя Кини туһунан итинник эппитэ.


«Бырааттарым уонна аҕа дьонум! Билигин эһиги иннигитигэр көмүскэнэр тылбын истиҥ».


Маны эппитигэр фарисейдар саддукейдары кытта мөккүһэн турбуттара, мунньах икки аҥыы хайдыбыта. (


Архиерей Стефантан: «Бу чахчыны этэллэр дуо?» – диэн ыйыппыта.


Биһиги иһитиннэрэр муудараспытын бу үйэ баһылыктарыттан ким да билбэтэх; билбиттэрэ эбитэ буоллар, кэрэмэн килбиэн Айыы Тойонун кириэскэ тиириэ суох этилэр.


Айыы Тойоммут Иисус Христос Таҥарата – албан ааттаах Аҕа – эһиэхэ, Кинини билэргит туһугар, муударай оҥорор, Таҥараны биллэрэр Тыыны биэриэхтин;


эрэлбит туолар абыраллаах Күнүн – улуу Таҥарабыт, Быыһааччыбыт Иисус Христос килбиэннээх кэлиитин – кэтэһэргэ үөрэтэр.


Уола, Аҕатын кэрэмэн килбиэнин сыдьаайа, ис дьиҥин уобараһа, сири-халлааны барытын этэр тылын күүһүнэн салайар. Кини биһиги аньыыбытын-харабытын Бэйэтинэн ыраастаан баран, үөһэ баар улуу бүрүстүөл уҥа өттүгэр олорбута.


Итэҕэлинэн Авраам, Таҥара ыҥырарын истэн, нэһилиэстибэ ылар дойдутугар тиийээри, ханна баран иһэрин билбэтэр да, суолга туруммута.


Бырааттарым! Килбиэннээх Айыы Тойоммутун Иисус Христоһу итэҕэйэр дьон сиэринэн эһиги киһиэхэ барытыгар биир тэҥ үтүө сыһыаннаах буолуҥ.


«Дьиҥ сөп, Айыы Тойон, Эн албан ааты, үрдүк чиэһи ыларыҥ, модун кыаххын айхаллатарыҥ – барытын Эн айбытыҥ, барыта Эн көҥүлгүнэн баар буолбута, Эн көҥүлгүнэн айыллыбыта».


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ