4 оттон бэйэбит тиһигин быспакка үҥүөхпүт, Таҥара тылын иһитиннэриэхпит».
Кинилэр дьахталлары, Иисус Ийэтэ Марияны, Кини бырааттарын кытта бары өрүү бииргэ үҥэллэрэ.
Кинилэр Апостоллар үөрэтэллэрин тиһигин быспакка болҕойон истэллэрэ, бука бары бииргэ аһыыллара, бииргэ үҥэллэрэ.
Таҥара тылын иһитиннэрэ сырыт, кэмэ буоллун, кэмэ буолбатын – дьаныардаах буол; итэҕэйээччилэр аньыыларын ыйа-көрдөрө, санааларын көтөҕө сырыт, үөрэтэргэр тулуурдаах буол.
Кини Уолун Евангелиетын иһитиннэрэн, өйбүн-сүрэхпин түмэн сулууспалыыр Таҥарам миигин үтүө көҥүлүнэн кэмниэ-кэнэҕэс, билигин, эһиэхэ тиэрдэрэ буоллар диэн, өрүү эһигини өйдөөн-санаан туран үҥэрбин Бэйэтинэн туоһулуо.
Архипка: «Кытаат, Айыы Тойонтон ылбыт соруккун толор», – диэн этиҥ.
Мин эһиги тускутугар, Лаодикиялаах Иерапольга олорооччулар уонна миигин олох көрө илик да дьон туһугар хайдах күүскэ туруулаһарбын билиэххитин баҕарабын.
Мин Евангелиены иһитиннэрэрбэр эһиги миэхэ хара маҥнайгыттан күн бүгүҥҥэ диэри көмөлөспүккүтүн өйдөөн-санаан, барыгыт тускутугар өрүүтүн үөрэн туран үҥэбин.
Евангелиены иһитиннэрэрбэр киэн туттарым миэхэ тугум да суох. Бу – мин булгуччу толоруохтаах ытык иэһим. Миэхэ хайдахтаах эрэй-муҥ буолуо этэй арай дьоҥҥо Евангелиены иһитиннэрбэтим эбитэ буоллар!
Эһиэннэриттэн Епафрас, Иисус Христос кулута, эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар. Эһиги бары өттүнэн ситэн-хотон, Таҥара көҥүлүн хото толорор дьон буолан, сүһүөххүтүгэр бигэтик тураргыт туһугар, кини өрүү туруулаһан туран үҥэр.
Таҥара иннигэр сулууспалыыр күннэрэ ааһаннар, Захария дьиэтигэр төннүбүтэ.