3 Онуоха Петр эппитэ: «Анания! Эн, бу хайдах сатанаҕа бэринэн, Сибэтиэй Тыыҥҥа сымыйалыыгын, сириҥ атыытыттан сороҕун кистиигин?
Таҥараҕа андаҕайарга, биитэр толкуйа суох эрэннэрэргэ тиэтэйэр киһи кэнтиккэ киирэн биэрэр.
ким эмэ Саарыстыба туһунан истэн баран өйдөөбөт буоллаҕына, киниэхэ хара дьайдаах кэлэн, кини сүрэҕэр ыһыллыбыт сиэмэни уоран илдьэ барар. Ол – суолга ыһыллыбыт сиэмэ.
Дьэ ол саҕана Искариот диэн ааттаах Иудаҕа, Уон Иккиэлэртэн биирдэстэригэр, сатана киирбитэ.
Киэһээҥҥи аһылык кэмигэр, Симон уолун Иуда Искариокка Кинини таҥнарар санааны адьарай хайыы-үйэ иҥэрбитин кэннэ,
Бу тооромоһу ылаатын кытта, Иудаҕа сатана киирбитэ. Иисус киниэхэ эппитэ: «Оҥороргун оҥоро оҕус».
Тугу бас билэриҥ барыта бэйэҥ киэнэ этэ, атыылаан ылбыт үбүҥ эмиэ бэйэҥ дьаһалгар киирбитэ буолбат дуо? Уонна хайдах маннык санааҕа кэллиҥ? Эн дьоҥҥо буолбакка, Таҥараҕа сымыйалаатыҥ».
«Бу туох буолан эһиги Айыы Тойон Тыынын холоон көрөөрү кигистигит? – диэбитэ Петр. – Көр, бу эргин харайан киирдилэр, эйигин эмиэ таһаарыахтара».
Онон Таҥараҕа бас бэриниҥ, адьарайга утарылаһыҥ, оччоҕо адьарай эһигиттэн тэскилиэ.
Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.