7 Уонна уҥа илиититтэн өрө тардан туруорбутугар, киһи, икки тобугун сүһүөҕэ эмискэ бөҕөргөөн, тирэҕирэ түспүтэ,
Иисус чугаһаан кэлэн, кинини илиититтэн ылан туруорбутугар тииһигэ ааһан, туран кинилэргэ ас тэрийбитинэн барбыта.
«Талифа куми!» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха, «Кыысчаан, эйиэхэ этэбин, тур!»)
Иисус уолу илиититтэн ылан өрө тарпытыгар, уол туран кэлбитэ.
Маны этээт, киниэхэ икки илиитин уурбутугар дьахтар сонно көнөн кэлэн, Таҥараны айхаллаан барбыта.
«Үрүҥ да, кыһыл да көмүһэ суохпун, – диэбитэ Петр, – ол гынан баран туох баардаахпыттан эйиэхэ бэрсэбин: Иисус Христос Назорей аатынан этэбин – туран хаамп!»
ойон туран хаампытынан барбыта; онон, Таҥараны уруйдаан-айхаллаан, кинилэри кытта бииргэ хаамсан, Таҥара Дьиэтигэр дьиэрэҥкэйдээн киирбитэ.
«Бу дьону хайдах гынабыт? Илэ-чахчы дьиктини оҥорбуттарын Иерусалим олохтоохторо бука бары билэллэр, ону мэлдьэһэр кыахпыт суох.
Өскөтүн биһигиттэн бүгүн босхоҥ киһиэхэ оҥорбут үтүөбүт туһунан туоһулаһар, кини хайдах үтүөрбүтүн ыйыталаһар эбит буоллаххытына,
Петр, киниэхэ илиитин уунан, турарыгар көмөлөспүтэ уонна итэҕэйээччилэри, огдообо дьахталлары барыларын ыҥыран ылан, Тавифаны кинилэр иннилэригэр туруорбута.