Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Апостоллар 26:4 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

4 Мин эдэр сааспыттан төрөөбүт норуотум ортотугар Иерусалимҥа хайдах олорбуппун иудейдар бары билэллэр.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Апостоллар 26:4
5 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Мин урут иудей быһыытынан хайдах олорбутум, Таҥара Сиэркэбин хайдах кырыктаахтык сойуолаабытым, үрэйбитим туһунан эһиги истибиккит.


Оттон эн туохха барытыгар – үөрэххэ, олоххо, сыалга-сорукка буоллун, итэҕэлгэ, уйугас буолууга, тапталга, тулуурга буоллун – мин суолбунан барбытыҥ;


төрөөбүтүм ахсыс күнүгэр быһыллыбытым, Израиль аҕатын ууһуттан, Вениамин көлүөнэтиттэн төрүттээх дьиҥ еврейбин, Сокуону тутуһарбынан фарисейбын;


«Мин Киликия Тарс куоратыгар төрөөбүт еврейбин, – диэбитэ Павел. – Бу куоракка олорон, өбүгэлэрбит Сокуоннарыгар Гамалиил салайыытынан кичэйэн туран үөрэммитим. Син биир бу бүгүҥҥү эһиги курдук мин эмиэ Таҥара иннигэр толоруохтаах эбээһинэспин ис сүрэхпиттэн дьулуһан туран толорорум.


Ол эрээри өбүгэлэрбит Таҥараларыгар мин бу дьон „сымыйа үөрэх“ диэн ааттыыр үөрэхтэрин тутуһан сүгүрүйэрбин билинэбин. Мин Сокуоҥҥа уонна Пророктар кинигэлэригэр суруллубуту барытын итэҕэйэбин,


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ