Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Апостоллар 14:3 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

3 Ону ол диэбэккэ, Апостоллар, манна өссө да өр хаалан, Айыы Тойон туһунан хорсуннук кэпсээбиттэрэ. Айыы Тойон Бэйэтин илгэлээх үтүөтүн туһунан үөрэтэр тылы туоһулаан, кинилэр илиилэринэн бэлиэлэри, араас дьиктилэри оҥороро.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Апостоллар 14:3
17 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Таҥара итини барытын эҥин араас сөҕүмэр бэлиэтинэн, дьиктитинэн, араас күүстээх дьайыытынан итиэннэ Бэйэтин көҥүлүнэн Сибэтиэй Тыынын биэртэлээн туоһулаан турар буолбатах дуо?


Аны билигин эһигини Таҥараҕа уонна Кини эһигини бөҕөргөтөр, Бэйэтин бары дьонун кытта тэҥҥэ нэһилиэстибэ биэрэр кыахтаах илгэлээх үтүө тылыгар туттарабын.


Ол эрээри мин туохтан да торуттан турбаппын, олохпун да биэрэрбин кэрэйбэппин. Биэтэккэ эрэ тиийдэрбин, Айыы Тойон Иисустан ылбыт сулууспабын толорон, Таҥара илгэлээх үтүөтүн туһунан Евангелиены иһитиннэрдэрбин диэн эрэ баҕалаахпын!


Ол иннинэ Филиппыга сылдьаммыт, өйдүүргүт буолуо, элбэх эрэйи-кыһалҕаны, атаҕастабылы да көрүстэрбит, Таҥарабыт көмөтүнэн Кини Евангелиетын улуу туруулаһыынан эһиэхэ хорсуннук иһитиннэрбиппит.


Христос Евангелиетыттан мин сааппаппын: бу – хас биирдии итэҕэйэр киһи, бастатан туран, иудей, ол кэннэ атын омук, быыһанарыгар анаммыт Таҥара күүһэ.


Оттон үөрэнээччилэрэ сир-сир устун сылдьан Айыы Тойон көмөтүнэн бар дьону үөрэппиттэрэ. Кинилэр үөрэтэр үөрэхтэрин Иисус эппит дьикти бэлиэлэрэ бигэргэтэллэрэ. Аминь.


Маныаха биһиги да, Таҥара Киниэхэ бас бэринээччилэргэ биэрбит Сибэтиэй Тыына да туоһу буолабыт».


Израиль дьоно! Бу этэрбин болҕойон истиҥ: Таҥара эһиги көрөргүтүгэр Иисус Назорейга улуу дьайыылары, дьиктилэри, араас бэлиэлэри оҥорторон, Кинини туоһулаан турар. Ону бэйэҕит билэҕит.


Павеллаах Варнава чаҕыйбатахтара: «Биһиги Таҥара тылын бастакынан эһиэхэ тиэрдиэхтээх этибит. Ону киэр анньар, бараммат олоххо тиксэргитин бэйэҕитигэр сөбө суох диир буоллаххытына, бу тылы атын омуктарга иһитиннэрэр буолуохпут.


«Туох эмэ бэлиэни, дьиктини көрө иликкитинэ, эһиги итэҕэйиэххит суоҕа», – диэбитэ Иисус киниэхэ.


Үҥэн бүтэллэрин кытта, түмсүбүт дьиэлэрэ дьигиһийэн ылбыта, Сибэтиэй Тыын сүрэхтэрин толорон, бука бары, иҥнэн-толлон турбакка, Таҥара тылын иһитиннэрэн барбыттара.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ