2-3 Петр Иерусалимҥа кэлбитигэр итэҕэйбит еврейдэр кинини: «Эн баран, быһыллыбатах дьону кытта бииргэ аһаабыккын», – диэн хомуруйбуттара.
Петры кытта кэлсибит итэҕэйэр еврейдэр бу дьон, араас атын тылларынан саҥаран, Таҥараны айхаллыылларын истэн, Сибэтиэй Тыын бэлэҕэ атын омуктарга эмиэ бэриллибитин көрөн, олус сөхпүттэрэ. Онуоха Петр эппитэ:
Нөҥүө күнүгэр, илдьиттэр айаннаан куоракка чугаһаан истэхтэринэ, алта чаас саҕана Петр дьиэ үрдүгэр үҥэ тахсыбыта.
Иудеяттан ханнык эрэ дьон Антиохияҕа кэлэн, итэҕэйээччилэри: «Моисей сиэрин-туомун толорон быһыллыбатаххытына, эһиги быыһанар кыаххыт суох буолуо», – диэн үөрэппиттэрэ.
Онуоха фарисейдар бөлөхтөрүттэн итэҕэйбит дьон туран: «Итэҕэйбит омук дьоно быһыллыах тустаахтар; кинилэртэн Моисей Сокуонун тутуһалларын ирдэниллиэхтээх», – диэбиттэрэ.
Иуст диэн ааттаах Иисус эмиэ эҕэрдэ ыытар. Иудейдартан бу кинилэр эрэ, миигинниин бииргэ Таҥара Саарыстыбатын туһугар сулууспалааннар, миэхэ улахан өйөбүл буолаллар.
Бас бэриммэт хадаар майгылаах, хойгур тыллаах-өстөөх, албын-көлдьүн киһи бэрт элбэх. Ордук итэҕэйбит иудейдар ортолоругар.