7 Иисус эппитэ: «Аҕам Бэйэтин былааһынан ханнык болдьоҕу, кэми-кэрдиини анаабытын эһиги билэр кыаххыт суох.
Иисус кинилэргэ эппитэ: «Мин иһэр иһиппиттэн иһиэххит, Мин сүрэхтэниибинэн сүрэхтэниэххит, ол гынан баран уҥа-хаҥас өттүбэр ким олорорун Мин быһаарбаппын, ону Аҕам Бэйэтэ кимиэхэ бэлэмнээбитинэн буолуоҕа».
Оттон ол күнү да, чааһы да ким да билбэт, халлааҥҥа баар Аанньаллар даҕаны билбэттэр, арай Аҕам эрэ билэр.
ол эрээри Мин уҥа биитэр хаҥас өттүбэр ким олорорун Бэйэм быһаарбаппын: кимиэхэ бэлэмнэммит, ол олоруоҕа».
Ол күнү да, чааһы да ким да билбэт: халлааҥҥа баар Аанньаллар даҕаны, Уола даҕаны – Аҕата эрэ билэр.
Норуот болоттон охтуоҕа, араас омукка билиэн барыаҕа. Таҥараны билбэт омуктар кэмнэрэ ааһыар диэри, Иерусалим кинилэргэ тэпсилгэн буолуоҕа.
Таҥара биир киһиттэн киһи-аймаҕы үөскэтэн сир көхсүн устун олохсуппута, ыйаахтаах кэмнэрин-кэрдиилэрин, олорор сирдэрин чэрчитин ыйан-быһан биэрбитэ.
Кэм-кэрдии томточчу туолуута Кини бу соругун ситиһэн, сиргэ-халлааҥҥа баары барытын Христос баһылаатын диэн, бииргэ түмэргэ быһаарбыта.
Кини кэлэрин тустаах кэмигэр соҕотох сүҥкэн күүстээх, алгыстаах Таҥара, ыраахтааҕылар Ыраахтааҕылара, тойоттор Тойонноро көрдөрүөҕэ.
Тиһэх кэмҥэ бэрт ыарахан күннэр үүнүөхтэрэ, ону билиэхтээххин.