5 Иоанн уунан сүрэхтиирэ, оттон эһиги бу кэннэ аҕыйах хонугунан Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтэниэххит».
Мин эһигини аньыыны билинии бэлиэтигэр уунан сүрэхтиибин, ол гынан баран кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи миигиннээҕэр күүстээх – мин Кини атаҕын таҥаһын да тутан иһэргэ сөбө суохпун. Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан уонна уотунан сүрэхтиэҕэ;
аньыыларын-хараларын этинэн туран, Иордан өрүскэ киниэхэ сүрэхтэммиттэрэ.
Мин эһигини уунан сүрэхтээтим, оттон Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтиэҕэ».
Иоанн, бары истэн турдахтарына, эппитэ: «Мин эһигини уунан сүрэхтиибин, ол гынан баран кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи миигиннээҕэр күүстээх. Мин Кини атаҕын таҥаһын быатын да сүөрэргэ сөбө суохпун. Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан уонна уотунан сүрэхтиэҕэ.
«Мин ууга сүрэхтиибин, – диэбитэ Иоанн. – Оттон эһигини кытта Ким турарын эһиги билбэккит:
Мин Кинини билбэт этим гынан баран, Кини Израильга биллэрин туһугар ууга сүрэхтии кэлбитим».
Мин Кинини урут билбэт этим, ол гынан баран ууга сүрэхтэтэ миигин Ыытааччы миэхэ Тыын үөһэттэн түһэн Кимиэхэ тохтуур да, Ол – Сибэтиэй Тыынынан Сүрэхтээччи буолар диэбитэ.
Петры кытта кэлсибит итэҕэйэр еврейдэр бу дьон, араас атын тылларынан саҥаран, Таҥараны айхаллыылларын истэн, Сибэтиэй Тыын бэлэҕэ атын омуктарга эмиэ бэриллибитин көрөн, олус сөхпүттэрэ. Онуоха Петр эппитэ:
«Иоанн аньыыны билинии бэлиэтигэр сүрэхтиирэ, – диэбитэ Павел. – Кини кэнниттэн Кэлээччини – Христос Иисуһу – итэҕэйэллэригэр ыҥырара».
Биһиги бука бары: ким иудей, ким атын омук буоллун, ким кулут, ким көҥүл буоллун – биир Тыынынан биир Эт-сиин буолар туһугар сүрэхтэммиппит; биһиэхэ барыбытыгар Таҥара биир Тыыны биэрбитэ.
биһигини туох эрэ өҥөбүт иһин буолбатах, аҥаардас Бэйэтин амарах санаатынан ууга сууннаран иккистээн төрөппүтэ, Сибэтиэй Тыынынан саҥа олоҕу биэрэн өрүһүйэн ылбыта;