Апостоллар 1:3 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ3 Кириэскэ муҥнанан баран, Кини түөрт уон хонук устата үөрэнээччилэригэр көстөн, Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээн, Бэйэтэ тыыннааҕын элбэх итэҕэтиилээх чахчыларынан кэрэһилээн көрдөрбүтэ. အခန်းကိုကြည့်ပါ။ |
Онон көрсөр күннэрин болдьоһон, үлэхтээх күннэригэр Павел түһэн олорор дьиэтигэр бэрт элбэх киһи тиийэн кэлбитэ. Кини кэлбит дьоҥҥо сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээн, Иисус туһунан этиллибит барыта кырдьыктааҕын Моисей Сокуонугар уонна Пророктарга олоҕуран, өйдөтөн-быһааран биэрбитэ.