12 Апостоллар Иерусалимтан биир биэрэстэлээх Елеон диэн ааттаах хайаттан Иерусалимҥа төннөн кэлэн,
Үөрэнээччилэрэ Киниэхэ сүгүрүйэн баран, улуу үөрүүнү үөрэн, Иерусалимҥа төннөн кэлбиттэрэ.
Онтон Иерусалимҥа улам чугаһаан, Елеон хайатын тэллэҕэр турар Виффагия диэн дэриэбинэҕэ тиийэн кэлбиттэригэр Иисус икки үөрэнээччитин инники ыыппыта.
Иисус үөрэнээччилэрин куораттан таһааран Вифанияҕа илдьибитэ; онно тиийэн баран, икки илиитин өрө уунан туран, кинилэри алҕаабыта.
Вифания Иерусалимтан чугас – икки биэрэстэлээх сиргэ баар.
Күнүһүн Кини Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэрэ, оттон киэһэтин Елеон хайатыгар тахсан, түүнүн онно хаалара.
Айхал ырыаларын ыллаан баран, кинилэр Елеон хайатыгар барбыттара.
Иисус Елеон хайатыгар соҕотоҕун олордоҕуна, үөрэнээччилэрэ Киниэхэ бэйэлэрэ эрэ тиийэн кэлбиттэрэ: «Ити хаһан буоларын биһиэхэ этиэҥ дуо? Эн кэлэргин итиэннэ бу дойду бүтэр уһуга кэлбитин биһиги туох бэлиэни көрөн билэбит?»
Елеон хайатын аттыгар баар Виффагиялаах Вифанияҕа чугаһаан иһэн, Кини икки үөрэнээччитин сорукка ыыппыта.
Эһиги куотуугут кыһыҥҥы кэмҥэ эбэтэр субуотаҕа түбэспэтин туһугар үҥүҥ;