11 Ким муудараһы ылынар, ол уһун үйэлэниэҕэ, олоҕун күнүн-дьылын үксэтэн биэриэҕэ.
Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл олоҕу уһатар, оттон хара дьайдаахтар күннэрэ-дьыллара ааҕыллан турар.
Дириҥ муударас уҥа илиитигэр уһун үйэ баар, хаҥас илиитигэр – баай-тала, албан аат.
Мин үөрэҕим олоҕуҥ күнүн-дьылын үксэтиэ, дьолу-соргуну, эйэни эйиэхэ эбэн биэриэ.
Уонна аны акаарытык быһыыланымаҥ, оттомноохтук олоруҥ, үтүө өй суолун-ииһин тутуһуҥ.