6 Истиҥ мин дьоһуннаах суоллары этэрбин: мин эһиэхэ кырдьыгы эрэ биллэрэбин,
Биһиги Таҥарабыт тиийэн кэлиэҕэ, Кини кэлиитэ чуумпу буолуо суоҕа: иннигэр суостаах уот оргуйуоҕа, тулатыгар добун буурҕа ытыллыаҕа.
Эн сиэрдээх тылгын-өскүн иһиттэхпинэ, мин эйигинэн ис сүрэхпиттэн киэн тутта саныаҕым.
Мин эһиэхэ үтүөнү эрэ үөрэтэбин, онон кэскиллээх кэс тылбын сиргэ-буорга тэпсимэҥ.
Онон пророк: «Мин кинилэри кытта домоҕунан кэпсэтиэҕим, аан дойду айыллыаҕыттан кистэммити арыйыаҕым», – диэн эппитэ туолбута.