34 Ким күннэтэ мин олбуорум айаҕар кэлэн турар, мин олорор дьиэм ааныттан хараҕын араарбакка, миигин өйдөөн-дьүүллээн истэр, ол дьоллоох.
Кинилэргэ тугу оҥорбуттарынан, хара дьайыыларынан биэр; хайдах быһыыламмыттарынан көрөн төлөө, ылыахтаахтарын толору биэр.
Кэрэмэн килбиэн биһиги сирбитигэр сатыылыырын туһугар, Киниттэн куттанар дьону быыһыырга Кини бэлэм.
кини дьон-сэргэ тоҕуоруйар сиригэр кэлэн ыҥырар, куорат олбуорун айаҕар туран этэр:
Ким муудараһы көрдөөн булан ылбыт, уһуну-киэҥи толкуйдуур тобуллаҕас өйдөммүт, ол дьоллоох.
Муудараһы булан ылбыт дьоҥҥо кини – олох Аал луук маһа; ким кинилиин арахсыспат, ол дьоллоох.
Онон, Мин бу этэр тылбын истэн баран толорор киһини дьиэтин таас акылааттаан туттубут өйдөөх киһи диэҕим.
Иккиэн Айыы Тойон кэриэстэрин, ыйыыларын-кэрдиилэрин – барытын эҥкилэ суох толорор буолан, Таҥара иннигэр көнө дьон этилэр.
кини Мария диэн балта Айыы Тойон атаҕын аттыгар олорон, Иисус этэрин истибитэ.
Иисус эппитэ: «Таҥара тылын истэр уонна толорор дьон алгыстаахтар».
Кинилэр Апостоллар үөрэтэллэрин тиһигин быспакка болҕойон истэллэрэ, бука бары бииргэ аһыыллара, бииргэ үҥэллэрэ.