32 Дьэ онон, оҕолоруом, миигин истиҥ: ким мин суолбун тутуһар, ол дьоллоох.
Дабайыы ырыата. «Эдэр сааспыттан элбэхтик самнара сатаабыттара, – диэтин Израиль, –
Таҥара ыйыыта-кэрдиитэ суох норуот үүнэ-тэһиинэ суох барар, оттон Сокуону тутуһар норуот алгыһы ылар.
Ким муудараһы көрдөөн булан ылбыт, уһуну-киэҥи толкуйдуур тобуллаҕас өйдөммүт, ол дьоллоох.
Муудараһы булан ылбыт дьоҥҥо кини – олох Аал луук маһа; ким кинилиин арахсыспат, ол дьоллоох.
Онон, уолум, мин этэрбин иһит, элэ-была тылларбын быһа гыныма.
Дьэ онон, уолаттарыам, мин этэрбин истиҥ, аҕаҕыт тылын бигэтик өйдөөн кэбиһиҥ:
Иисус эппитэ: «Таҥара тылын истэр уонна толорор дьон алгыстаахтар».