1 Истиҥ эрэ, Дириҥ муударас ыҥырар саҥата иһиллэр, кини оттомноох куолаһа эҥсиллэр буолбатах дуо?
Уолум! Өскөтүн мин этэрбин ылынан, кэскиллээх кэс тылбын куккар-сүргэр иҥэрэн,
Уолум! Мин үөрэппит үөрэхпин умнума, кэскиллээх кэс тылбын сүрэххэр сөҥөрөн сырыт.
«Кураайы куйаарга үөгүлээччи саҥата: „Айыы Тойон суолун солооҥ, көнө ыллыкта Киниэхэ үктээҥ“», – диэн Исайя пророк бу Иоанн туһунан өтө көрөн эппитэ.
Бу кэмтэн ыла Иисус: «Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа эргиллиҥ, Халлаан Саарыстыбата чугаһаата!» – диэн үөрэтэрин саҕалаабыта.
Ол гынан баран бүтэр уһук кэлиэн иннинэ, бары норуоттарга Евангелиены иһитиннэриллиэхтээх.
Иерусалимтан ыла саҕалаан, аньыыны-хараны бырастыы гыннарарга, аньыыны билинэн Таҥараҕа эргиллэргэ бары омуктары Кини аатыттан үөрэтиллиэхтээх.
Бырааһынньык бүтэһик улуу күнүгэр Иисус дьон ортотугар туран, дорҕоонноохтук эппитэ: «Ким утаппыт, Миэхэ кэлэн утаҕын ханнарыахтын.
Ол эрээри Сибэтиэй Тыын үөһэттэн түһэн эһиэхэ киирдэҕинэ, эһиги күүс ылан, Иерусалимҥа да, бүтүн Иудея, Самария да устун – сир бары уһугар тиийэ Мин кэрэһиттэрим буолуоххут».
Онуоха Кини эппитэ: «Мин эйигин ыраах олорор омуктарга ыытыам – онно барыаҥ».
оттон ыҥырыылаахтарга, кинилэр, иудей да, грек да буоллуннар, Таҥара күүһэ уонна үрдүк муудараһа – Христос – буолар;