24 Дьонуҥ сүбэтэ-амата эйигин хара саҥнаах дьахтартан, туора киһи ойоҕун ньуолбар тылыттан харыстыаҕа.
Дириҥ муударас эйигин атын киһи ойоҕуттан – ньуолбар тыллаах-өстөөх туора дьахтартан,
Уолум! Тоҕо эн эрдээх дьахтарга умсугуйуохтааххыный, тоҕо туора киһи ойоҕун кууһуохтааххыный?
Туора киһи ойоҕо, уоһуттан мүөт аллыах, эйэргээн, сымнаҕас тылынан-өһүнэн ньылҕарытыа,
Ити курдук аҕыластаан, албын тылынан абылаабыта, эҥинэ бэйэлээх эйэҕэс тылынан эрийбитэ.
оччоҕо эн туора киһи ойоҕуттан, эрдээх дьахтар эйэҕэс тылыттан көмүскэллээх буолуоҕуҥ.