16 Айыы Тойон алта суолу абааһы көрөр, сэттис суол эмиэ Киниэхэ сидьиҥ:
«Кутан-симэн хотуохпут, тугу этэри булуохпут, ким биһиэхэ тойонуй?» – дэһээччилэри.
Сымыйаны саҥарааччылары өлөрөҕүн; хаанымсахтан, албынтан Айыы Тойон сиргэнэр.
Айыы Тойон албын ыйааһыны абааһы көрөр, Кини көнө атыыны-тутууну сөбүлүүр.
Сидьиҥнэртэн Айыы Тойон сиргэнэр, Кини иҥэ-дьаҥа суох көнө дьонтон үөрэр.
Айыы Тойон сымыйаны абааһы көрөр, Кини көнө дьону ылынар.
Хара дьайдааҕы быыһаан ылыы, буруйа суоҕу буруйдааһын – хайата да Айыы Тойон хараҕар сидьиҥ быһыы.
Сыыһа көрдөрөр ыйааһын, сымыйа киирэ – Айыы Тойон хараҕар түктэри.
Сымыйа киирэ – Айыы Тойон хараҕар сидьиҥ суол, сыыһа көрдөрөр ыйааһын – эмиэ түктэри.
Сиэрэ суох бэрдимсийии, бэйэни үрдүктүк сананыы – нэгэй дьон кэмэлдьитэ; ити барыта аньыы.
тоҕо диэтэххэ, Айыы Тойон оҕуруктаахтары абааһы көрөр, Кини көнө дьону эрэнэр.
Үс суолу мин өрүү сөҕө көрөбүн, төрдүһү эмиэ төрүт өйдөөбөппүн:
Үс суолтан сир үрдэ титирэстиир, төрдүһү эмиэ уйар кыаҕа суох:
Бу сир үрдүгэр кимнээҕэр да уһулуччу өйдөөх, кыраларын көрүмэ, түөрт харамай баар:
Үс баар кимтэн да дьоһуннаахтык туттар-хаптар, төрдүстэрэ эмиэ өрүүтүн улуутуйа хаамар:
Дьэ ол сэтигэр кини иэдээҥҥэ түбэһиэҕэ, өрүһүммэттии, эмискэ бүдүрүйүөҕэ.
ол сиэрэ суох үрдүктүк туттуу, сымыйаны саҥарыы, буруйа суох дьон тыыныгар туруу,
Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл – кири-дьайы абааһы көрүү. Улаханнык сананыы, бэрдимсийии, мөкү суол-иис, албын-көлдьүн тыл – бу барыта мин абааһы көрөр суолум.
Туох да кирдээх, ким да сидьиҥ, албыны-көлдьүнү тутуспут онно киириэ суоҕа, арай Бараан Оҕотугар баар Олох Кинигэтигэр ааттара суруллубут эрэ дьон киириэхтэрэ.