9 Киниэхэ киириэҥ да, күүскүн-сэниэҕин туора дьоҥҥо эһиэҕиҥ, олоҕуҥ сылларын хабыр дьоҥҥо барыаҕыҥ,
Күүскүн-сэниэҕин дьахталларга эһимэ – ыраахтааҕылары алдьатааччыларга суолгун-иискин аһыма.
баайгын-дуолгун атыттар туһаныахтара, хара көлөһүҥҥүн туора дьон супту уулуохтара.
Киһимсэх дьахтартан ырааҕынан сырыт, кини дьиэтин айаҕар чугаһаама.
Дьэгээрбэ сыаната – биир быһыы килиэп харчыта, оттон туора киһи ойоҕо бүтүн олоххун эрэйиэҕэ.