3 Туора киһи ойоҕо, уоһуттан мүөт аллыах, эйэргээн, сымнаҕас тылынан-өһүнэн ньылҕарытыа,
Дириҥ муударас эйигин атын киһи ойоҕуттан – ньуолбар тыллаах-өстөөх туора дьахтартан,
Содур дьахтар тыла-өһө – чөҥөрө чүөмпэ, онно Айыы Тойон уордайбыт киһитэ түһүөҕэ.
Уолум! Тоҕо эн эрдээх дьахтарга умсугуйуохтааххыный, тоҕо туора киһи ойоҕун кууһуохтааххыный?
Дьонуҥ сүбэтэ-амата эйигин хара саҥнаах дьахтартан, туора киһи ойоҕун ньуолбар тылыттан харыстыаҕа.
Ити курдук аҕыластаан, албын тылынан абылаабыта, эҥинэ бэйэлээх эйэҕэс тылынан эрийбитэ.
оччоҕо эн туора киһи ойоҕуттан, эрдээх дьахтар эйэҕэс тылыттан көмүскэллээх буолуоҕуҥ.