14 Дьэ ол сэтигэр бу сир-буор сирэйдэнэн эрдэҕим дьон-сэргэ көрөрүгэр, ким барыта истэригэр!»
Өйдөөн кэл былыр талан ылбыт дьоҥҥун – Бэйэҕэр норуот гынаары толуйбуккун. Өйдөө олохсуйа сылдьыбыт Сион хайаҕын.
Сиэрдээх сүбэни тутуһуу – бу баар олох эркээйилээх суола; сэмэни-суҥханы аахайбат киһи муна-тэнэ сылдьыаҕа.
Муударайдыын бодоруһуоҥ – муударай буолуоҥ, акаарылыын булсуһуоҥ – куһаҕаны оҥостуоҥ.
Үөрэтээччилэрим этэллэрин истэ да барбат этим, сүбэлиир-амалыыр дьоммун сэҥээрбэт этим.
Утаххын бэйэҥ көлүйэҕиттэн ханнар, иһэр уугун бэйэҥ холуодьаскыттан баһын.