4 Аҕам миигин үөрэтэн этэр буолара: «Сүбэлээн этэрбин сүрэххэр-быаргар сөҥөрөн ис, кэриэс-хомуруос тылбынан олоххун оҥкуллан.
Уол оҕону айанын аартыгар такайдахха, сорсуйан да баран, ол суолуттан туоруо суоҕа.
Уолум эрэ буолларгын, үөрэтэн этэрбин өйдөөн иһит, мин суолбуттан хараххын араарыма – олук үктэһэн ис.
Уолум! Мин үөрэппит үөрэхпин умнума, кэскиллээх кэс тылбын сүрэххэр сөҥөрөн сырыт.
Мин үөрэҕим олоҕуҥ күнүн-дьылын үксэтиэ, дьолу-соргуну, эйэни эйиэхэ эбэн биэриэ.
Кэриэс-хомуруос тылбынан олоххун оҥкуллан, үөрэтэр үөрэхпин, хараҕыҥ харатыныы, харыстаа,
Кини кэриэһэ бараммат олоххо тиэрдэрин Мин билэбин, онон, Аҕам Миэхэ эппитин курдук, этэбин».
Эһиги, аҕалар, оҕолоргутун киҥнэрин-наардарын холуннарбакка, Айыы Тойон үөрэтэринэн иитиҥ.
Бу билигин эмиэ эн истиҥ итэҕэлгин өйдөөн-санаан кэллим. Маҥнай эбэҥ Лоида, онтон ийэҥ Евника сүрэхтэригэр үөскээбит итэҕэлиҥ билигин эйиэхэ эмиэ дириҥник иэнигийэн сылдьарыгар мин бигэ эрэллээхпин.
Христос Иисуска итэҕэлгинэн быыһанаргар эйиэхэ муудараһы иҥэрэн эркээйи буолар кыахтаах Сибэтиэй Суруйуулары эн өссө оҕо эрдэххиттэн билэҕин.
итиэннэ ситэн-хотон баран, Кинини истэр дьоҥҥо барыларыгар үйэлэр тухары быыһанар төрүөт буолбута.