20 Уолум, мин тылбын болҕойон иһит, өйдөтөн этэрбин долоҕойгор хатаан кэбис.
Үтүөбүн куһаҕанынан төлөөннөр, дууһабын тулаайахсыттылар.
Асаф псалома. Айыы Таҥара, Эн сиргэр омуктар киирдилэр; Эн сибэтиэй Храмҥын киртиттилэр, Иерусалимы урусхал оҥордулар.
таастан бүдүрүйбэтиҥ туһугар, кинилэр эйигин көтөҕөн барыахтара;
муударас үөрэҕин өйдөөн-дьүүллээн иһиттэххинэ, уһуну-киэҥи томоонноон толкуйдаатаххына;
Бу тыллары сүрэххэр сөҥөрөн сылдьарыҥ бэйэҕэр үөрүүлээх буолуоҕа, онон, кимниин да буоллун, үллэстэргэ өрүү бэлэм сырыт.
Уолум! Мин муудараспын болҕойон иһит, ыллыктаах санаабын ырыҥалыы сырыт,
Уолум, мин эппиппин тутус, кэскиллээх кэс тылбын ытыктаа.
Маны этэн бүтэ илигинэ, эмискэ сандаархай былыт кэлэн кинилэргэ сыдьаайбыта, былыт быыһыттан саҥа дуораһыйбыта: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум; Кинини истиҥ!»