Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Аман өһө 4:13 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

13 Эйиэхэ үөрэтэн этэрбин кытаанахтык өйдөөн кэбис, тугу да умнума, барытын бигэтик тутуһа сырыт: мин тылым эйиэхэ олоххун оҥкуллуо.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Аман өһө 4:13
20 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Сиэрдээх сүбэни тутуһуу – бу баар олох эркээйилээх суола; сэмэни-суҥханы аахайбат киһи муна-тэнэ сылдьыаҕа.


Туохтааҕар да эн дьиҥ кырдьыгы буларга дьулус, муудараһы, үөрэҕи быраҕыма, чэгиэн өйгүн-санааҕын саймаардыма.


Муудараһы булан ылбыт дьоҥҥо кини – олох Аал луук маһа; ким кинилиин арахсыспат, ол дьоллоох.


Кинилэринэн эн дууһаҥ тыыннаах сылдьыаҕа, кинилэр эн киһилии сэбэрэҕин кэрэтитиэхтэрэ.


Төрөппүттэриҥ кэс тыла барар суолгун сырдатыа, үөрэппит үөрэхтэрэ үтүө өйгүн сайыннарыа, оттон тыйыс-дьиппиэн ыйыылара олоххо суолгун булларыа.


Тоҕо диэтэххэ, миигин булар киһи олоҕу булар, Айыы Тойон илгэлээх үтүөтүгэр тиксэр.


Тыын олоҕу биэрэр, оттон киһиэхэ оннук кыах суох. Мин эһиэхэ этэр тылларбар олох Тыына баар.


Симон Петр эппитэ: «Тойоммуот, Эйигиттэн тэйэммит кимиэхэ барыахпытый? Бараммат олох тылларын Эн билэҕин эбээт.


Варнава онно тиийэн, Таҥара кинилэргэ биэрбит илгэлээх үтүөтүн көрөн, үөрбүтэ уонна барыларын ис сүрэххититтэн Айыы Тойоҥҥо итэҕэллээх буолуҥ диэн ыҥырбыта.


Кинилэр Апостоллар үөрэтэллэрин тиһигин быспакка болҕойон истэллэрэ, бука бары бииргэ аһыыллара, бииргэ үҥэллэрэ.


Тугу барытын тургутан көрүҥ, үтүөнү тутуһуҥ.


Дьэ ол иһин биһиги сүүрүккэ оҕустарбат туһугар, тугу истибиппитигэр ураты улахан болҕомтону ууруох тустаахпыт.


Бырааттарбыт кинини Бараан Оҕотун Хаанынан, туоһулуур тылларынан кыайбыттара; кинилэр, хара өлүөхтэригэр да диэри, олохторун таптаабатахтара.


эн бары дьайыыгын билэбин. Төһө да эн сатана бүрүстүөлэ турар сиригэр олордоргун, Мин ааппын түһэн биэрбэтэҕиҥ, бэл эһиэхэ – сатана олорор сиригэр – эрэллээх кэрэһиппин Антипаны өлөрбүт күннэригэр Миэхэ итэҕэлгиттэн аккаастамматаҕыҥ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ