11 Мин эйиэхэ муударас ыллыгын ыйабын, көнө суолунан эйигин сирдиибин.
Ким Айыы Тойон хайатыгар тахсыаҕай? Ким Кини сибэтиэй сиригэр туруоҕай?
Онон үтүө санаалаахтар суолларын тутус, кырдьыксыт дьон ыллыгынан сырыт.
Аҕам миигин үөрэтэн этэр буолара: «Сүбэлээн этэрбин сүрэххэр-быаргар сөҥөрөн ис, кэриэс-хомуруос тылбынан олоххун оҥкуллан.
Миигин таптааччылары байытан биэрэр, кинилэр күндү баайдарын толоро турар туһугар, мин кырдьык аартыгынан сылдьабын, көнө дьүүл суолун тутуһабын.
Истиҥ мин дьоһуннаах суоллары этэрбин: мин эһиэхэ кырдьыгы эрэ биллэрэбин,
Өйдөөх киһи истэригэр, мин этэрим барыта дьэҥкэ, билиилээх киһиэхэ – барыта тиийимтиэ.
«Араас албынынан, хара дьайынан туолбут адьарай уола, кырдьык өстөөҕө! Айыы Тойон көнө суолуттан туората сатыыргын хаһан тохтотоҕун?