10 Ким булан ылар кыахтааҕый үтүөкэн дьахтары? Кини күлүмнэс бэйэлээх күн да тааһынааҕар күндү.
Үтүөкэн дьахтар – эрин үрдүк үөрүүтэ, оттон сааппат сирэй – уҥуохха ириҥэ көйүүтэ.
Муударай дьахтар дьиэ-уот тэринэр, оттон акаары – дьиэтин бэйэтинэн үрэйэр.
Үчүгэй дьахтары ойох ылбыт киһи күндү баайдаммыт, Айыы Тойон үтүөкэн бэлэҕин ылбыт.
Дьиэ-уот, баай-дуол төрөппүттэртэн тиксэр, оттон өйдөөх ойох – Айыы Тойон бэлэҕэ.
Күн сиригэр көмүс да, күндү таас да элбэх, ол эрээри көрсүө тыл туохтааҕар да ордук.
ханнык да бэйэлээх эриэккэс таастааҕар күндү; эн бу күн сиригэр баҕара саныыргыттан киниэхэ тэҥнэһэр кыахтаах туох да суох.
Эрэ киниэхэ ис сүрэҕиттэн эрэнэр, биһи тугунан да тутайыахпыт суоҕа диэн билэр.
Муударас – ханнык да бэйэлээх эриэккэс таастааҕар күндү; бу дойдуга эһиги баҕара саныыргытыттан киниэхэ тэҥнэһэр кыахтаах суох.
Онон, тоойуом, куттаныма, эн тугу көрдөспүккүн барытын толоруом. Эн үтүө санаалааххын куорат дьоно бары билэллэр.