1 Лемуил ыраахтааҕы ийэтэ уолун үөрэтэн-такайан эппит иэйиилээх тыллара:
Уолум, аҕаҥ сүбэлээн этэрин иһит, ийэҥ үөрэппит үөрэҕин сиргэ-буорга кэбиһимэ.
Иакей уола Агур эппит иэйиилээх тыллара: Айыы Таҥарам, олус да мин сырам-сылбам баранна! Олус да сырам-сылбам баранна, Айыы Таҥарам! Хайдах гынан бу киһи-хара буолан сылдьыах бэйэкэбиний?
Хойуу сүөгэйи ытыйдахха арыы астанан тахсарын, киһини муннуга оҕустахха хаана тоҕо барарын кэриэтэ, дьону кыыһыртахха эмиэ иирээн тахсар.
«Кэбис, тоойуом! Кэбис, оҕолоотор оҕом! Кэбис, Айыы Таҥараттан ааттаһан ылбыт уол оҕокком барахсан!
Уолум! Аҕаҥ ытык тылын быһа гыныма, ийэҥ үөрэтэн эппитин сиргэ-буорга кэбиһимэ –
Бу билигин эмиэ эн истиҥ итэҕэлгин өйдөөн-санаан кэллим. Маҥнай эбэҥ Лоида, онтон ийэҥ Евника сүрэхтэригэр үөскээбит итэҕэлиҥ билигин эйиэхэ эмиэ дириҥник иэнигийэн сылдьарыгар мин бигэ эрэллээхпин.
Христос Иисуска итэҕэлгинэн быыһанаргар эйиэхэ муудараһы иҥэрэн эркээйи буолар кыахтаах Сибэтиэй Суруйуулары эн өссө оҕо эрдэххиттэн билэҕин.