5 Айыы Таҥара хас биирдии тыла эҥкилэ суох; Киниэхэ эрэнээччилэргэ Кини халыҥ хахха, суон дурда буолар.
Эн бигэ тапталгар мин эрэнним; сүрэҕим, Эйиэхэ өрүһүйтэрэн, үөрүөҕэ. Миэхэ үтүөнү оҥорбутун иһин, мин Айыы Тойоҥҥо ыллыаҕым.
Күнтэн күн Эйигин мин алгыам, үйэттэн үйэҕэ Эн ааккын айхаллыам.
Таҥара кэрэмэн килбиэнин мэҥэ халлаан кэрэһилиир, Кини ураннаан оҥорбутун улуу куйаар туоһулуур.
Сорох колесницатынан, сорох атынан күөн туттар, оттон биһиги Айыы Тойон Таҥарабыт аатынан күөн туттабыт.
үгүстэр мин туспунан: «Таҥара кинини быыһыа суоҕа», – дэһэллэр. Села
Бигэ таптал уонна бэриниилээх буолуу көрсүһүөхтэрэ, кырдьык уонна эйэ уураһыахтара.
Үчүгэй даҕаны Айыы Тойону айхаллыыр, Үрдүктэн Үрдүк, Эн ааккар ырыа ыллыыр,
Айыы Тойон көнө сүрэхтээхтэри өрүһүйэрдии өрүү бэлэм турар, Кини омнуота суох олохтоохторго дурда-хахха буолар,
Ким дьонтон куттанар, ол угаайыга киирэн биэрэр, оттон ким Айыы Тойоҥҥо эрэллээх, ол көмүскэллээх.
Онон Сокуон сибэтиэй, кини ыйыыта-кэрдиитэ эмиэ барыта үтүө, сибэтиэй уонна кырдьыктаах.
Оттон үөһэттэн түһэр муударас, бастатан туран, ыраас, ол кэннэ эйэ дэмнээх, сэмэй, истигэн, өрүүтүн амарах, өрүүтүн үтүөнү оҥорор, кырдьыгы тутуһар, истиҥ-иһирэх буолар.