4 оччоҕо эйиэхэ Таҥараттан уонна бар дьонтон амарах алгыс, үтүө аат-суол тосхойуо.
Иисус улаатан ситэн-хотон истэҕин аайы, муударай өйө дириҥээн испитэ; Кинини Таҥара да, дьон да таптыыра.
Христоска итинник сулууспалыыр киһи Таҥараҕа сөбүлэтэр уонна бар дьон ытыктабылын ылар.
Нэгэй киһи, ону көрөн, таала кырыыланар; кини тииһин хабырынар уонна суола суох сүтэр; хара санаалаахтар баҕа санаалара туолуо суоҕа.
Биһиги Айыы Тойон эрэ иннигэр буолбатах, дьон иннигэр эмиэ көнө суоллаах-иистээх буоларга дьулуһабыт.
Тоҕо диэтэххэ, миигин булар киһи олоҕу булар, Айыы Тойон илгэлээх үтүөтүгэр тиксэр.
Амарахха Айыы Тойон амарахтык сыһыаннаһыаҕа, оттон уодаһыннааҕы уодьуганныаҕа.
Өйдөөх киһи дьон-сэргэ ытыктабылын ылар, оттон түөкэйдэр суоллара өлүүгэ тиэрдэр.