2 Мин үөрэҕим олоҕуҥ күнүн-дьылын үксэтиэ, дьолу-соргуну, эйэни эйиэхэ эбэн биэриэ.
туура тардыллыан инниттэн куура хатар хоруобуйа отун курдук буоллуннар.
Ол эрэн, Сибэтиэй, Эн бүрүстүөлгэ олороҕун, Израиль Эйигин уруйдуур-айхаллыыр.
онтон көстүөҕэ Айыы Тойон кырдьыктааҕа, Кини, мин очуос хайам, кыра да омсото суоҕа.
Айыы Тойоҥҥо ытыктабыл олоҕу уһатар, оттон хара дьайдаахтар күннэрэ-дьыллара ааҕыллан турар.
Маҥан баттах – килбиэннээх мэнньиэс, дьоһуннаах олох түмүгэ.
Иһит эрэ, тоойуом! Мин үөрэтэрбин ылыннаххына, олоҕуҥ күнэ-дьыла эбиллэн биэриэҕэ.
Аҕам миигин үөрэтэн этэр буолара: «Сүбэлээн этэрбин сүрэххэр-быаргар сөҥөрөн ис, кэриэс-хомуруос тылбынан олоххун оҥкуллан.
Ким муудараһы ылынар, ол уһун үйэлэниэҕэ, олоҕун күнүн-дьылын үксэтэн биэриэҕэ.
Таҥара Саарыстыбата ас да, утах да буолбатах – Сибэтиэй Тыын үөскэтэр кырдьыктаах быһыыта, эйэтэ, үөрүүтэ.
Онон эрэлгит Сибэтиэй Тыынынан эбиллэ турарын туһугар, эрэл Таҥарата эһиэхэ итэҕэлгит хоту бары үөрүүнү, эйэни толору биэриэхтин.
Онон итэҕэлбитинэн буруйбутуттан быыһанаммыт, билигин биһиги Айыы Тойоммут Иисус Христос өҥөтүнэн Таҥараны кытта эйэлээхпит.
Эти-хааны эрчийии туһата кыра, оттон Таҥараҕа бэриниилээх буолуу билиҥҥи да, кэнэҕэс да олоҕу эрэннэрэр буолан, барытыгар туһалаах.