1 Куһаҕан киһи ким да эккирэппэтэҕин үрдүнэн куотар, оттон үтүө киһи, хахай курдук, киэҥ-холку.
Кини дьадаҥыны сиртэн-буортан өрө тардар, кыраны-хараны киртэн-хахтан таһаарар,
Туора дьон миигин утары өрө турдулар, күүстээхтэр мин дууһабар суудайдылар; кинилэр иннилэригэр Таҥараны көрбөттөр. Села
Ол эрэн миэхэ Таҥара көмөлөһөр, Айыы Тойон мин куппун-сүрбүн бөҕөргөтөр.
Көнө суолу тутуһааччы холкутук сылдьыаҕа, оттон буруйан барааччы буруйданыаҕа.
Козаҥ үүтэ бэйэҥ иһэргэр, дьиэ кэргэҥҥин, чаҕар дьахталларгын аһатаргар сөрү-сөп тиийиэҕэ.
Ону ол диэбэккэ, Апостоллар, манна өссө да өр хаалан, Айыы Тойон туһунан хорсуннук кэпсээбиттэрэ. Айыы Тойон Бэйэтин илгэлээх үтүөтүн туһунан үөрэтэр тылы туоһулаан, кинилэр илиилэринэн бэлиэлэри, араас дьиктилэри оҥороро.
Петрдаах Иоанн хорсуннарын көрөн уонна үөрэҕэ суох боростуой дьон буолалларын билэн, аҕа баһылыктар дьиибэргээбиттэрэ гынан баран, Иисуһу кытта бииргэ сылдьыбыттарын сэрэйбиттэрэ.
Ол иннинэ Филиппыга сылдьаммыт, өйдүүргүт буолуо, элбэх эрэйи-кыһалҕаны, атаҕастабылы да көрүстэрбит, Таҥарабыт көмөтүнэн Кини Евангелиетын улуу туруулаһыынан эһиэхэ хорсуннук иһитиннэрбиппит.