25 Төһө да тылын-өһүн минньиттин, кинини итэҕэйимэ – иһигэр сэттэ сидьиҥ санаалаах буолуоҕа.
Хаһааҥҥа диэри, Айыы Тойон? Букатын умуннуоҥ Эн миигин? Хаһааҥҥа диэри миигиттэн сирэйгин кистиигин?
Айыы Тойон саҥата уу үрдүнэн иһиллэр; албан ааттаах Таҥара этиҥнии ньириһийэр, Айыы Тойон саҥата улуу байҕал үрдүнэн эҥсиллэр.
Иһигэр эн төһөнү ыйыстыбыккын ааҕа-суоттуу олоруоҕа, кини оннук киһи. «Кытаат, аһаа-сиэ, ис», – диэҕэ эрээри, дьиҥ санаата атын буолуоҕа.
Абааһы көрөрүн кистэнэн амаҕаччылаан кэпсэтээччи көмүс дуйдаах туой боччук кэриэтэ.
Онно өскөтүн ким эмэ эһиэхэ көр, Христос манна баар эбэтэр Кини ол сылдьар диэтэҕинэ, итэҕэйимээриҥ.