14 Кураанаҕы эрэннэрэр куба-лахсыыр тыллаах киһи тыалыран-тыалыран баран түспэккэ ааһан хаалар хара былыт кэриэтэ.
Бэриниилээхпин дэнээччи элбэх эрээри, дьиҥ эрэбил киһини булан ылыаҥ дуо?
Бэйэтин үрдүктүк сананар киһи – намтыаҕа, сэмэйдик сананар киһи – үрдүөҕэ».
Айыы Тойоммут Иисус Христос үйэлэр тухары алгыстаах Аҕата – Таҥара – мин сымыйалаабаппын билэр.
Бу биир кэм саҥалаах сылдьар, туохха да сөп буолбат, аньыылаах баҕаларын батыһар дьон дарбааннаахтык тыллаһаллар, туһанар баҕаттан сирэй көрбөх быһыыланаллар.