31 арай сирин барытын эрбэһин саба үүнэн кэбиспит, бүтэйэ бүтүннүү сиҥнэн түспүт.
Сүрэҕэ суох кэтэһэ саныыр да, киниэхэ биэриэхтэрэ суоҕа, оттон туруу үлэһит тото-хана аһыаҕа.
Киһи Айыы Тойоҥҥо ытыктабылынан тыыннаах сылдьар, онон утуйарыгар холкутук утуйар; киниэхэ туох да куһаҕан буолуо суоҕа.
Сүрэҕэ суох сирин кэмигэр хоруппат, онон хомуур саҕана быйаҥы ылбат.
Сүрэҕэ суох этэр: «Таһырдьа хахай сылдьар! Таҕыстым да, миигин тырыта тыытар!»
Арыгыһыт, аһас дьон быста дьадайыахтара, утуйары үлэлээччилэр нэк таҥастаныахтара.
Ону көрөн, мин элбэҕи эргитэ санаабытым, ол көрбүтүм миэхэ үчүгэй үөрэх буолбута.
Оттон эрбэһин быыһыгар ыһыллыбыт сиэмэ – ол тылы истэр эрээри, күннээҕи олох сүпсүлгэнигэр, баай умсулҕаныгар баһыйтаран, тылы сэҥээрбэт буолан, туһаны аҕалбат дьон.
сорох сиэмэтэ хатыылаах эрбэһин ортотугар түспүт, онон эрбэһин өрө үүнэн тахсан, ону тумнаран кэбиспит;
оттон хатыылаах ыарҕа, эрбэһин эрэ үүнэр сирэ туох да туһата суох буолан, кырыыска эрэ турар кутталлаах; оннук сир бүтэр уһугар уокка умайар.