30 Хайдахтаах да улуу муударас, өркөн өй, өйдөөх сүбэ-ама Айыы ТойонУ утарар күүһэ суох.
Сүрэх баҕата баһаам да, Айыы Тойон быһаарбыта эрэ туолуоҕа.
Ол үрдүнэн муораһыттар харса суох кытыл диэки эрдэ сатаабыттара да, сири кыайан булбатахтара: силлиэ эбии сэтэрэн иһэрэ.
Онон билигин эһиэхэ этэбин: бу дьону тыытымаҥ, босхолооҥ. Кинилэр дьыалалара дьон сүбэтинэн, тэрээһининэн эбит буоллаҕына, эһигинэ да суох бэйэтэ тохтуо,
оттон Таҥара ыйыытынан буоллаҕына, эһиги кыайан тохтотуоххут суоҕа, хата, өссө Таҥараны утары охсуһар буолан тахсыаххыт».
Онон Таҥара тылын истэр эрээри, бас бэриммэт дьон бүдүрүйэллэр – кинилэр анабыллара оннук.