27 Сидьиҥнэр биэрэр сиэртибэлиин сидьиҥнэр, оннооҕор өссө куһаҕан – кэтэх санаалаах бэриллэр сиэртибэ.
Сидьиҥнэр бэлэхтэриттэн Айыы Тойон сиргэнэр, Кини көнө дьон үҥэриттэн үөрэр.
Сор-муҥ эһигини күүтэр, сокуонньуттар уонна фарисейдар! Сирэй көрбөхтөр! Эһиги дьонтон Халлаан Саарыстыбатын хам хатыыгыт: бэйэҕит да онно киирбэккит, киириэн баҕалаах да дьону киллэрбэккит.
Ким Сокуону истиэн баҕарбат, ол үҥэрдиин сидьиҥ.
«Мин сиэртибэ биэрээри, сүөһү өлөрдүм, мэктиэ тылбын бүгүн дьэ толордум.