25 Үлэлиэн баҕарбат күөх көппө аска ымсыыра сытан сутаан өлүөҕэ.
Туруу үлэһит тойон буолуоҕа, күөх сүрэх кулуттуоҕа.
Сүрэҕэ суох мас көтөрүн да өлөрүө суоҕа, оттон хоһуун үлэһит үбэ-аһа дэлэй буолуоҕа.
Сүрэҕэ суох кэтэһэ саныыр да, киниэхэ биэриэхтэрэ суоҕа, оттон туруу үлэһит тото-хана аһыаҕа.
Күөх көппө суола барыта эрбэһин, оттон үтүө дьон суола-ииһэ эриэ-дэхси.
Сүрэҕэ суох, илиитин астаах иһиккэ уган баран, айаҕар кыайан тиэрпэт.
Сүрэҕэ суох сирин кэмигэр хоруппат, онон хомуур саҕана быйаҥы ылбат.
Сүрэҕэ суох этэр: «Таһырдьа хахай сылдьар! Таҕыстым да, миигин тырыта тыытар!»
Сүрэҕэ суох үлэлии барымаары этэр: «Суолга хахай турар! Уулуссаҕа хахай сылдьар!»
Сүрэҕэ суох акаарыбын дэниэ суоҕа – үтүө тыллаах-өстөөх сэттэ муударайдааҕар да өйдөөхпүн дэниэҕэ.
Онуоха тойоно эппит: „Хара санаалаах көлөөк үлэһит! Мин ыспатахпын быһарбын, тохпотохпун хомуйарбын, хата, эн билэр эбиккин дии?