14 Кистэлэҥ бэлэх кыыһырбыты сымнатар, куду анньыллыбыт бэрик уордайбыты уҕарытар.
Куһаҕан киһи көнө дьүүлү токурутаары хоонньуттан бэриги таһаарар.
Бэрик биэрээччи хараҕар бэлэҕэ аптаах таас кэриэтэ: хайа да диэки хайыһыннардын, барыта табыллар.
Бэлэх-туһах аан аһар – тойотторго аһардар.
Биллиилээх дьоҥҥо үгүстэр бэрт буолаллар, бойом илиилээххэ ким барыта доҕор.