29 Эдэр киһи күүһүнэн-уоҕунан киэн туттар, оттон кырдьаҕаһы маҥан баттаҕа киэргэтэр.
Маҥан баттах – килбиэннээх мэнньиэс, дьоһуннаах олох түмүгэ.
Кырбаммыт кириттэн-дьайыттан ырааһырар, охсуллубут омсотуттан босхолонор.
Аҕалар, мин эһиэхэ суруйдум: эһиги аан бастааҥҥыттан Баары билбиккит. Эдэрдэр, мин эһиэхэ суруйдум: эһиги күүстээххит, эһиги Таҥара тылын сүрэххитинэн ылынан, хара дьайдааҕы кыайбыккыт.