Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Аман өһө 20:21 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

21 Тиэтэлинэн туура тутуллубут нэһилиэстибэ тиһэҕэр тугу да туһалыа суоҕа.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Аман өһө 20:21
13 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Үтүө киһи үбэ-аһа оҕолоругар, сиэннэригэр тиксиэҕэ, оттон аньыылаах киһи баайа көнө киһиэхэ бэриллиэҕэ.


Ийэлээх аҕатын кырыыр киһи уота им балай хараҥаҕа умуллуоҕа.


«Атаҕастаабыттарын иэстэһиллиэ!» – диэмэ; Айыы Тойоҥҥо эрэн, Кини эйигин көмүскүөҕэ.


Сымыйаны этэн байарга дьулуһар киһи тыалы-кууһу эккирэтэр, өлөр суолун оҥостор.


Баайы-таланы сырсыма, оннук санааҕын букатын хааллар.


Эрэбил киһи байым алгыһы ылыаҕа, оттон баайга-дуолга дьулуһааччы буруйдаммакка хаалыа суоҕа.


Байа охсор дьулҕаннаах ымсыы киһи хаһан эрэ дьадайыам диэн санаан да көрбөт.


Бырыһыаҥҥа иэс биэрэн байааччы үбэ-аһа дьадаҥылары аһынар айыы санаалаахха тиксиэҕэ.


Оттон ким байыан-тайыан баҕарар, ол аньыы угаайытыгар киирэн биэрэн, доҕуурга иҥнэр, дьону алдьархайга, өлөр өлүүгэ эрэ тиэрдэр өйө суох, буортулаах дьаллыкка ылларар.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ