8 кырдьыксыттар ыллыктарын араҥаччылыыр, итэҕэллээхтэрин суолун-ииһин хараанныыр.
Айыы Тойон көнө дьон суолун билэр, оттон нэгэйдэр суоллара өлүүгэ тиэрдэр.
Ким Айыы Тойон хайатыгар тахсыаҕай? Ким Кини сибэтиэй сиригэр туруоҕай?
Миигин таптааччылары байытан биэрэр, кинилэр күндү баайдарын толоро турар туһугар, мин кырдьык аартыгынан сылдьабын, көнө дьүүл суолун тутуһабын.
Эһигини охтууттан өрүһүйэн, эҥкилэ суох оҥорон, Бэйэтин Кэрэмэн Килбиэнин иннигэр үөрдэ-көтүтэ туруорар күүстээх