7 Айыы Тойон көнө сүрэхтээхтэри өрүһүйэрдии өрүү бэлэм турар, Кини омнуота суох олохтоохторго дурда-хахха буолар,
Айыы Таҥара хас биирдии тыла эҥкилэ суох; Киниэхэ эрэнээччилэргэ Кини халыҥ хахха, суон дурда буолар.
Бигэ таптал уонна бэриниилээх буолуу көрсүһүөхтэрэ, кырдьык уонна эйэ уураһыахтара.
Суруйууларга «муударайдар муударастарын моҥкуруут ыытыам, билиилээхтэр билиилэрин билиниэм суоҕа» диэн этиллэр.
Таҥара биһигини Христос Иисустуун биир гынан, Христос биһиги муудараспыт буолбута, биһигини буруйтан быыһаабыта, Бэйэтигэр анаммыт сибэтиэй дьон гынан толуйан ылбыта.
Омсото суох олохтооххо куттал суоһуо суоҕа, оттон токур суоллаах соһуччу охтуоҕа.
Өйдөөх киһи муударай – барар суолун билэр, оттон акаары толкуйа суох – бэйэтин эрэ албыннанар.
Киниэхэ, Христоска, түмүллэн сылдьар эбээт бары муударас, бары билии күндү кылаата!
Күнтэн күн Эйигин мин алгыам, үйэттэн үйэҕэ Эн ааккын айхаллыам.
оттон ыҥырыылаахтарга, кинилэр, иудей да, грек да буоллуннар, Таҥара күүһэ уонна үрдүк муудараһа – Христос – буолар;
Миэхэ баар сүбэ-ама, миэхэ баар ситиһии, мин өркөн өйбүн, бар дьоҥҥо күүһү-уоҕу эмиэ мин биэрэбин.
Ол эрэн, Айыы Тойон, Эн буолаҕын мин көмүскэнэр куйаҕым, албан аатым, Эн өрө көтөҕөҕүн мин санньыйбыт төбөбүн.