21 Тоҕо диэтэххэ, биһиги сирбитигэр көнө сүрэхтээхтэр олоруохтара, ыраас дууһалаахтар хаалыахтара;
Сүрэҕим сүүдүйдэ, күүһүм-күдэҕим өһүлүннэ, хараҕым уота кытта өлбөөдүйэ өстө.
Охтон түһэрим миэхэ бу кэллэ, ыарыым ааһан-араҕан биэрбэт.
Оо, хаалларыма миигин, Айыы Тойон; Таҥарам, миигиттэн тэйимэ.
Миэхэ Эн охторуҥ хатаннылар, Эн илииҥ ыараханнык тайанна.
Сэниэм эстэн, сырам-сылбам быстан, сүрэҕим ааспат эрэйиттэн үөгүлээн ылабын.
Бигэ таптал уонна бэриниилээх буолуу көрсүһүөхтэрэ, кырдьык уонна эйэ уураһыахтара.
Кырдьыксыт хаһан да халбаҥныа суоҕа, оттон куһаҕан дьон сир үрдүгэр уһуохтара суоҕа.
Көнө дьону куһаҕаҥҥа уккуйааччы бэйэтэ хаспыт иинигэр түһүөҕэ, оттон ыраас дууһалаахтар дьоллоохтук олоруохтара.