25 Кэрээнэ суоҕу кэһэттэххинэ, кэнэн дьон өйдөнүөҕэ; өйдөөҕү сэмэлээтэххинэ, тута көннөрүнүөҕэ.
Эйигин мин ыҥырдым, Айыы Тойон, Эйиэхэ эттим: «Эн буолаҕын мин бигэ тирэҕим, бу тыыннаахтар сирдэригэр аналым!
муударай да истэн, билиитэ эбии дириҥиэ; мындыр киһи сөптөөх сүбэни-аманы булан ылан,
Акаары уол аҕатын сүбэтин сиргэ-буорга тэпсэр, оттон өйдөөх – сэмэни-суҥханы болҕойон истэр.
Өйдөөҕү биирдэ сэмэлиэҥ кэрэх – көннөрүнүө, оттон акаарыны сүүстэ да таһыйан өйдөппөккүн.
Кэрээнэ суоҕу кэһэттэххинэ, кэнэннэр өйдөнүөхтэрэ; муударайы үөрэттэххинэ, билиитэ-көрүүтэ эбии кэҥиэҕэ.
Кэрээнэ суоҕу көннөрдөххүнэ, үөҕүллүөҥ, нэгэйи сэмэлээтэххинэ, сиргэ-буорга тэпсиллиэҥ.
Таптыыр дьоммун, итэҕэстэрин көрдөрөн туран, дьарыйабын, онон дьаныардаах буол, аньыыгын билин.